«ИЙЭ ТЫЛБЫТ ЭТИГЭН КЭРЭТЭ»

ИЙЭ ТЫЛ КҮНҮГЭР АНАЛЛААХ
үөрэнээччилэр улуустааҕы 10-с ФЕСТИВАЛЛАРА быйыл куйаар ситиминэн тохсунньу 22 күнүттэн саҕаланан олунньу 13 күнүгэр түмүктэннэ.

«Мин төрөөбүт төрүт тылым – мин кэскилим» – диэн торумҥа сөп түбэһиннэрэн «ҮРДҮККЭ КӨТҮТ, ТӨРӨӨБҮТ ТӨРҮТ ТЫЛЫМ» өркөн өй өрөгөйүн оонньуутугар быйыл 8 кылаастар кытыннылар.
Оонньууга барыта 16 оскуолаттан 17 бөлөх кыттыыны ылла. Ол иһиттэн саха тыллаах оскуолалартан 14, нуучча тыллаах оскуолалартан 3 бөлөх. Сыллата кыттар- кыттыбат оскуолалар бааллар: Өктөм орто, Уулаах Аан, Булгунньахтаах, Үөдэй, Иһит, Покровскай гимназията, Покровскай 4 ¹, Мохсоҕоллоох, Бэстээх оскуолалара… Мэлдьи кыттар, миэстэлэһэр 2 Дьөппөн, Покровскай 3 ¹ оскуолалар оонньууга оҕолоругар кыах биэрбэтилэр, кэлэр атын түһүмэхтэргэ кытыннарыахтара диэн эрэнэбин…
Быйыл учуутал-үөрэнээччи икки ардыгар үлэни толоруу үксүгүтүгэр арыый атын формаатынан барда. Ким эрэ 1-2 оҕону кытта үлэлэстэ. Ким эрэ сорудахтары аттаран туруоран, 4-6 оҕону хабан үлэлэттэ, уо.д.а ньыманан. Ким эрэ бары сорудахтары толору хоруйдаата, ким эрэ талан хоруйдаата, онон маннык түмүгү таһаарабын.
Дипломнарынан бэлиэтэннилэр Кыһыл Үрүйэ СО – 108 б. – 1 миэстэ, Өктөм ҮӨК – 92,5 б. – 2 миэстэ, Тиит Арыы ОО – 69,5 б. – 3 миэстэ, 1 ¹ Покровскай ОО – 67 б. – 4 миэстэ, Тумул СО – 57 б. – 5 миэстэ, Хачыкаат ОО – 54 б. – 6 миэстэ.
Биһирэбилинэн бэлиэтэннилэр 53 б. – 1Дьөппөн ССО, 49,5 б. – 1Дьөппөн ОО, 40 б.- 2Малдьаҕар ОО, 37,5 б. – 5 Малдьаҕар ОО, 34,5 б. – Ой ОО, 3 МСО – 32, 5 б, 30 б. – Хоточчу СО.
Нуучча тыллаах оскуолаларга Покровскай 1 ¹ – 46,5 б. – 1 миэстэ, Сиинэ ОО – 41,5 б. – 2 миэстэ, Покровскай 2 ¹ – 37 б. – 3 миэстэ.
Бары кыттааччыларга, салайар учууталларга эҕэрдэ, барҕа махтал. Салгыы оҕолорбутун кыахтаахтык кытыннарыаххыт диэн эрэнэбин.
27.01.2021.
«АЙАР ҮЛЭ АБЫЛАҤА»
Төрөөбүт тылы үөрэтиигэ, тылга тапталы иитиигэ улахан суолтаны оҕону айан суруйарга көҕүлээһин буолар. Маннык тэрээһини үһүс «Ийэ тыл этигэн кэрэтэ» фестивалга ыыппыппыт. Онно 100-тэн тахса үлэ киирбитэ. Чахчы иэйиилэрэ киирэн суруйар оҕолор айымньылара элбэх этэ. Хоһоон да, кэпсээн да, остуоруйа да барыта баара. Быйылгы тэрээһиҥҥэ 8 оскуолаттан 25 оҕо айымньыта киирбит, олортон 9-11 кылаастар үөрэнээччилэрэ – 7 үлэ. Кэпсээн жанра – 3. Икки-үс үлэттэн ураты үлэлэр программа иһинэн уруокка бэриллэн суруллубуттар, ол эбэтэр бэриллибит сорудаҕы толоруу…
Икки бөлөххө арааран сыаналаатыбыт. Ону таһынан кэпсээнинэн үлэлэри туһунан.
Улахан бөлөххө – Иванова Маша (9 кыл) 1 Дьөппөн санаторнай оскуолатын үөрэнээччитэ «Дойдум миэнэ Өргүөтүм», «Мин киэн туттуум» диэн хоһооннорунан бастаата. (Салайааччы Скрябина Р.Г.)
2 миэстэни – «Кыһыҥҥы санаа», «Мин дойдум» хоһооннорунан – Петрова Света (10 кыл.) 1 Дьөппөн орто оскуолата, (салайааччы Прокопьева С.И.) Биһирэбилинэн бэлиэтэннэ Архипова Елена, Хачыкаат ОО 11 кылааһын үөрэнээччитэ «Күн сылаас сардаҥата» хоһоонунан (Салайааччы Иванова М.В.)
Кыра бөлөххө – икки тус-туһунан хабааннаах олус үчүгэй хоһооннору Павлова Ангелина, 6 кылаас (Өктөм үө.б.к.) – «Соҕотох бэс», Попова Нарыйа, 8 кылаас, (1 Дьөппөн сан. оскуола) – «Хос эһэбэр», онон 1-2 миэстэни үллэстэллэр, 3 миэстэни – Бардеев Саян, 5 кылаас, (Покровскай 1 ¹ оскуолата) «Дойдубар төннүөҕүм, сылдьыаҕым!» хоһооно ылла. Биһирэбилинэн бэлиэтэннилэр Осипова Алина, 7 кылаас, 5 МОО, Саввинов Женя, 7 кылаас (1 Дьөппөн сан. оскуола)
Кэпсээнинэн үлэлэртэн Байдам Кузьмин, 7 кылаас, Тиит Арыы ОО «Сахам сирэ биир эрэ» – 1 миэстэ, Денис Третьяков, 7 кылаас, «Тиит-Арыым, мин дойдум! » – 2 миэстэ, (салайааччы Макарова М.А.), Мордовская Аделина, 10 кылаас, 5 Малдьаҕар ОО «Эhэм кэриэhэ» кэпсээн – 3 миэстэ, (салайааччы Мордовская Л.М.)
Түмүкпэр, кыайыылаахтары эҕэрдэлиибин, оҕолору кытыннарбыт учууталларга барҕа махтал! Кытаатын, оҕолорбут төрөөбүт тылларынан саҥарар эрэ буолбакка, айан суруйар, санааларын этэр дьоҕуурдарын сайыннарарга дьулуһуоҕуҥ…
2.02.2021
«ААҔЫЫ ЭЙГЭТИН ТҮҺҮЛГЭТЭ»
Оҕо сахалыы тыыннаах буоларыгар кини төрөөбүт түөлбэтин устуоруйатын, айылҕатын, фольклорун билэ-көрө, истэ улаатыахтаах. Билии төрдө кинигэ буоларын умнуо суохтаахпыт. Оҕолорбут кинигэни кэрэхсии, ааҕа улааталларыгар бу түһүлгэ аналлаах.
Оскуола библиотекардара – педагог-библиотекардар бары да биллэр-көстөр үлэлээх дьон. Онон улуус оҕолоругар анаан бэйэлэрин нэһилиэктэрин билиһиннэрэр кинигэлэр презентацияларын оҕолорго кэрэхсэнэр, оҕолору ааҕарга умсугутар сыаллаах, ааҕааччыга тиийимтиэ гына оҥороллоро ирдэнэр. Түһүмэхпит судургутук «Төрөөбүт түөлбэм туһунан кинигэлэр быыстапкалара» диэн ааттаах.
Күрэскэ 9 оскуола библиотекалара кытыннылар. Хас биирдии педагог-библиотекарь айымньылаахтык үлэлээбитэ өтө көстөр. Бу күрэһи сыаналыырга Покровскайдааҕы Оҕо библиотекатын библиограба Скрябина Н.Ф. кытынна. Хас биирдии педагог-библиотекарь, саха тылын учууталлара дьоҥҥо-сэргэҕэ кэрэхсэнэр көстүүлээх гына таҥан, арыйдыҥ да ааҕымтыа, холбоотуҥ да истимтиэ гына хас биирдии кинигэни билиһиннэрэр үлэлэри оҥорбуттар. Дьүүллүүр сүбэ түмүгүн билиһиннэрэбин:
Библиотека быыстапка оҥорор бары быраабылаларын тутуһан, сүрдээх сиэдэрэй тылынан оҕоҕо тиийимтиэ гына, көрбүт-истибит киһи кырдьык да итини аахпыт киһи дэтиэх курдук Ой оскуолатын педагог-библиотекардара Александрова Полина Петровна, Тимофеева Октябрина Афанасьевна «Нөмүгү нэhилиэгин туhунан кинигэлэр» диэн быыстапка- презнтациялара 1 миэстэни ылла.
Иккис миэстэни Хачыкаат оскуолатын библиотекатын кинигэтин быыстапкатын оҕолор сырдатыылара кэрэхсэнэн ылла. Толору, лоп-бааччы бииртэн биир кинигэни кэпсээн, сырдаттылар.
Үһүс миэстэнэн тэҥ хабааннаах, үлэлэринэн 1 Дьүппүн санаторнай оскуолатын педагог-библиотекара Кириллина Майя Михайловна уонна Кыһыл Үрүйэ оскуолатын педагог- библиотекарь Адамова Светлана Ивановна уонна учуутал Антипина Сарра Валентиновна видеолара сыаналанна. Маны тэҥэ, Покровскай 1 ¹ орто оскуолата педагог- библиотекарь Кириллина Сардаана Алексеевна саамай бастакынан, этиллибит кэмигэр үлэтин таһааран, видео-презентацията атыттарга холобур буолбута мэлдьэҕэ суох. 2 Малдьаҕар (Сидорова Лена Семеновна), Хоточчу (Егорова Лидия Петровна), Төхтүр (Ефремова С.Л. – оскуола библиотекара, Лукина А.М.-саха тылын учуутала, Герасимова Л.М.-модельнай библиотека библиотекара), 1 Дьөппөн (Михайлова Мария Прокопьевна) орто оскуолаларын педагог-библиотекардара бары да кыһанан кыттыбыккытыгар махтанабыт. Онон, кэрэхсэнэр, үгүс ааҕааччыларга сирдьит буолар, куйаар ситиминэн элбэх дьоҥҥо төрөөбүт түөлбэлэрин туһунан эрэ буолбакка, Хаҥалас нэһилиэктэрин туһунан хасыһан, ирдэһэн ааҕар, билэр-көрөр кыаҕы биэрдигит. Махтал буоллун, салгыы айымньылаах, кэрэ түмүктээх үлэни, чөл туругу баҕарабын.
04.02.2021.
УОЛАННАР УУС -УРАН ААҔЫЫЛАРА
Уоланнар уус уран ааҕыылара быйыл 10-с төгүлүн көхтөөхтүк барда. 18 уол биирдиилээн ааҕыыга кытынна, кинилэртэн 15-һэ – 5-8 кылаас үөрэнээччилэрэ, 4 пааранан ааҕыы, бөлөхтөргө 10 – 5-8 кылаастар, 5 – 9-11 кылаастар уонна булкаас 6-10 кылаастартан турар бөлөхтөр бааллар. 12 оскуолаттан барыта 120-тэн тахса уол о5о кытынна. Ордук көхтөөх ойдору (Пермякова Л.Н., Титова Н.Н., Григорьева А.Д.), 1 дьөппөннөрү (Данилова Л.И, Прокопьева С.И.), тиит арыылары (Ефремова Е.Н.) бэлиэтиэххэ сөп. Быйыл төрөөбүт түөлбэбит, биһиктээн олорор Өлүөнэ өрүспүт туһунан саха суруйааччыларын, олохтоох ааптардар хоһооннорун дууһаларыгар чугастык тутан, ис сүрэхтэриттэн таһааран ааҕаллар эбит. Сахалыы таҥас уолаттары дьоһуннуур эбитин өссө биирдэ итэҕэйдибит. Хайдах курдук туттан туран ааҕалларый Хоточчу уолаттара, Өктөмнөөҕү үөрэх, билим киинин уоланнара, 1 дьөппөн уолаттарын бөлөхтөрө!
Чуолкай дикциялаах, чөллөркөй куоластаах оҕолордоох ТАОО (салайааччы Ефремова Е.Н.), сиппит хоппут чиҥ ааҕыыны, хоһооннорун турукка киирэн туран, ил өйдөрүттэн Өктөм үөрэх, билим киинин уоланнара (Кузьмина М.П.), Уулаах Аан уолаттара (Матвеева В.Б.) истээччини долгутар, турукка киллэрэр курдук ааҕан үөртүлэр. Учууталлар бары да турар фоннарын, доҕуһуоллуур тыаһы бэркэ таппыттар, биллэн туран, бу элбэх киһи сыралаах үлэтэ буолар диэн сыаналыырга сөптөөх.
07.02.2021.

«ОЛОҤХОҺУТ ОҔОЛОР», «ОЛОҤХОНУ БИЛЭҔИН ДУО?»
Фестиваль саҕаланыаҕыттан Олоҥхоҕо аналлаах араас көрүҥүнэн оҕолорго күрэс ыытыллан кэллэ. Быйыл толороооччуларга уонна туһунан олоҥхону билэҕин дуо диэн Zoom форматынан оонньуу ыытыллыбыта. Онньууга 6 (Ө.үө.б.к., 1 ПОО, КҮСО, 1 ДьОО, ОйОО, Хачыкаат ОО) оскуолаттан 6-8 кылааска үөрэнэр 8 оҕо кыттыбыта. Ордук чобуотук сөптөөх хоруйдары биэрэн Ефремов Ефрем (ХОО) -1, Архипова Күннэй (ПОО) – 2, Яковлева Амелия (1ДьОО) – 3 миэстэни ылан, үөрбүттэрэ. Оҕолор биир саастаахтарын Егоров Эрик олоҕхотун дуоһуйа истэн, фестиваль устуоруйатын кэпсиир слайдалары көрөн билиилэрин хаҥаппыттара. 03.02.2021.
Олонхоһут оҕолор сыллата ыытыллар күрэс, бөлөҕүнэн, биирдиилээн толоруулар ыытыллыбыттара. Быйыл балаһыанньа быһыытынан биирдиилээн толорууга ыытыллыбыта. Барыта 9 кыттааччы 12 оҕо 7 оскуолаттан кытыннылар, киһи үөрүөх, 1 кылаастан 11 кылааска дылы үөрэнэр оҕолор кытыннылар. Дьүүллүүр сүбэ олус Афанасьев Владик (2 МОО) толоруутун үрдүктүк сыаналаата. Эдьиийдии-балыс Кузьминалар (Өүөбк), олох кырачаан киһи Сулейманов Дима (ХОО) олоҥхолоро эмиэ таһымнара үрдүгэ үөртэ, кинилэртэн итэҕэһэ суох Филиппова Надя (ОйОО), бэртээхэй куоластаах Варламова Милена (ПОО), хоточчу олоҥхоһут оҕолоро уонна саамай уопуттаах толорооччу Федоров Мичил толоруулара биһирэннилэр. 10.02.2021.
«САХАБЫТ КЫЛЫҺАХТААХ КУОЛАҺА» күрэс

Бу кэрэхсэбиллээх күрэс быйыл аан бастаан ыытылынна. Тойук, норуот ырыалара… Онон кыттааччы аҕыйах да буоллар истэ олоруох курдук мааны кылыһахтаах куоластаах оҕолор бааллар эбит. Тойугу бэркэ баһылаан эрэр 1 Дьөппөн кыргыттара Козловская Тоня уонна Кирикова Анджелла, Соломонова Оксана (ПОО), 5 кылаас үөрэнээччитэ Сеялова Арина (ТАОО) дипломнарынан наҕараадаланнылар.
Онтон норуот ырыаларын хачыкааттар олус бэркэ толорор эбиттэр. Олох сэдэх ырыалары толороллор, ол аата кинилэр норуот ырыаларын үөрэтиинэн, көрдөөһүнүнэн Оҕо искусствотын оскуолатын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлииллэрэ көстөр. Фестиваль арыйыыта да диэххэ сөп.
10.02.2021.
Сахалыы оонньуулар
Фестиваль чэрчитинэн сахалыы остуол оонньуулара – мэлдьи, боотурдар оонньуулара диэн илии-атах, күүс-уох оонньуулара кэлин сыллата да буолбатар, ыытыллаллар. Быйыл дьиэҕэ олоруу сатыылаан турбут кэмигэр дьиэҕэ-уокка иллэҥ кэми атаарыыны чинчийэр, көмөлөһөр соруктаах ыытылынна. Саҥа, оонньуурга, туһанарга туттуллуох айылаах оонньуулардаах Федоровтар (Өүөбк), оҕолорун кытта тэҥҥэ хаамыскаҕа, хабылыкка оонньуур Лиана Сергеевна, Никита Алексеевич Филипповтар (ойдор), обургу оҕотуттан хаалсыбакка, тэҥнээх курдук оонньуур Тарасова Марина Гаврильевна (1ДьОО), кыракый быраатын саататар Ефимов Миша (ХОО), күннэтэ чуҥкуйбакка оонньуур Гаврильевтар дьиэ кэргэн Мотя уонна Вася (Булгунньахтаах) бэртээхэй видеолары ыыппыттар.
Оҕолор салайааччыларын көмөлөрүнэн бэйэлэрэ оонньуулары чинчийэн, үөрэтэн, дьарыктанан оонньоон көрдөрүүлэрэ олус кэрэхсэбиллээх. Дьиэҕэ-уокка ордук сымса буоларга, эти-хааны эргийэргэ хамсаныылаах оонньуулар видеоларын 2 Малдьаҕар үөрэнээччилэрэ Осипова Лиза, Борисов Эрчимэн (салайааччы Старостина Р.Ф) оҥорон улахан кэрэхсэбили ыллылар. Билиигэ-көрүүгэ көҕүлүүр өй оонньуутун Кыһыл Үрүйэ оҕолоро оҥорон оонньууллар эбит, үчүгэй, Тиит Арыы үөрэнээччилэрэ түмүстэхтэринэ хайдах, тугу оонньуулларын устубуттар, эмиэ бэрт эбит. Санаторнай оскуола оҕолоро олоро түстүлэр да учууталлара Борисова Т.И. айбыт оонньууларын сөбүлээн оонньуулларын көрдөрбүттэр, ким баҕалаах, сатыырыттан-сатаабатыттан тутулуга суох оонньуон сөп, чөл кэмҥэ. Хабылыгы, хаамысканы баһылаабыт Осипова Женя (ХОО) кыра кылаас оҕолорун үөрэтэр эбит, бэйэтин бэркэ оонньуурун Уйгурова Айыылана (ПОО) көрдөрөн, оонньуурга көҕүлүүр эбит.
Онон түмүктээн эттэххэ, быйылгы фестивальга 19 улуус оскуолалара, 2 эбии үөрэхтээһин оскуолата кытыннылар. Барытыгар, 8 көрүҥ-түһүмэххэ, 1 Покровскай, 1 Дьөппөн орто уонна Хачыкаат оскуолалара кытыннылар. 6 көрүҥҥэ – Өктөмнөөҕү үө.б. киинэ, 5-тии көрүҥҥэ Тиит Арыы, 2 Малдьаҕар, Хоточчу, Кыһыл Үрүйэ, 1 Дьөппөн санаторнай оскуолалара көхтөөхтүк кытыннылар. Ой, Төхтүр, оскуолалара түөртүү көрүҥҥэ кытыннылар. Барҕа махтал, төрөөбүт тыл төлкөтө, оҕо туһа диэн үлэлиир учууталларга! 10-ча сылы быһа көхтөөхтүк кыахтаахтык кыттыбыт оскуолалартан быйыл 3 Малдьаҕар, Тумул – 1, 2 Дьөппөн – 2 күрэскэ эрэ кыттыбыттара, Покровскай 3 кыттыбатахтара хомолтолоох.
Барыгытыгар айымньылаах үлэни, төрөөбүт тылларыгар култуураларыгар бэриниилээх, талааннаах үөрэнээччилэри иитэн таһаараргытыгар баҕарабын.

Тэрийээччи Скрябина К.Г.
Ханалас улууьун Эбии уерэхтээьин киинин методиьа
олунньу ый, 2021 с.
“Ийэ тыл этигэн кэрэтэ” фестиваль хаартыскаларын, курэс чэрчитинэн бэлиэтээьиннэри #ийэтылэтигэнкэрэтэ , #ийэтылэтигэнкэрэтэ2021 диэн ссылканан киирэн керуеххутун сеп.

 

Семен Андреевич
Новгородов –
саха суругун – бичигин төрүттээччи