Сэтинньи ый 22 күнүгэр Нөмүгү нэһилиэгин «Түһүлгэ» культуура киинигэр, улуустааҕы САХА КВН күрэҕэ буолан ааста.
Оонньуу сыала-соруга:
– «Cаха КВН» хамсааhынын салгыы сайыннарыы;
– саха ыччата төрөөбүт тылын туттар эйгэтин кэҥэтии;
– бастыҥ хамаандалары уонна оонньооччулары бэлиэтээhин;
– араас оскуолалар хамаандаларын икки ардыларыгар доҕордуу сыһыаны кэҥэтии;
– Саха КВН оонньууларын финалыгар кыттар хамаандалары сүүмэрдээһин.
Уопсайа 6 хамаанда кыттыыны ыллылар:
- «Атас» – Өктөмнөөҕү үөрэх уонна наука киинэ,
- «Дэриэбинэ Чээкэлэрэ» – 2 Малдьаҕар орто оскуолата,
- «Сэттэ сэлиэтчиктэр» – 2 Малдьаҕар орто оскуолата,
- «Чээкэлэр» – Покровскай куорат 1 нүөмэрдээх оскуолата,
- «Оодьэ» хамаанда – 2 Дьөппөн орто оскуолата,
- «27 балаҕан» – Ой орто оскуолата.
Оонньуу түһүмэхтэрэ:
- «Э5эрдэлэhии» («Приветствие») – 5 мүн., тиэмэтэ: «Биһиги күүспүт туохханый?»;
- «Ыйытынньык» – хас биирдии хамаанда эрдэ бэлэмнээн кэлбит боппуруоьун, атын хамаандалартан ыйытар уонна бэйэтэ эмиэ кулуулээх эппиэттээх буолар.
- «Биир ырыа түһүмэҕэ» – 3 мүн. Тиэмэтэ суох.
- “Дьиэтээҕи сорудах” – 7 мүн., тиэмэтэ: “Кэпсээн эбиилээх, хоһоон омуннаах”.
Уопсай 4 түһүмэх түмүгүнэн:
1 миэстэ – Атас» – Өктөмнөөҕү үөрэх уонна наука киинэ,
2 миэстэ – «Дэриэбинэ Чээкэлэрэ» – 2 Малдьаҕар орто оскуолата,
3 миэстэ – «Оодьэ» хамаанда – 2 Дьөппөн орто оскуолата.
Ону таһынан “Күн Күлүүк” анал аат хаһаайкатынан буолла – Спиридонова Ксюша 2 Дьөппөн орто оскуолата. «Көрдөөх Көкөт» анал аат кыайыылааҕынан буолла – Павлов Сережа 2 Малдьаҕар орто оскуолата.
3 кыайбыт хамаанда, ахсынньы ыйга, буолаары турар регоинальнай этапка Хаҥалас улууһун көмүскүөхтэрэ.