Төрөөбүт төрүт тылбыт күнүгэр аналлаах улуустааҕы үөрэнээччилэр «Ийэ тыл этигэн кэрэтэ» фестиваль быйыл 12 сылын И.И. Шадрин аатынан Өктөм орто оскуолатыгар буолла. Хаһаайыннар алаадьылаах, дьиҥнээх сайыҥҥылыы сылгы кымыһынан айах тутан, саҥа уораҕайдарыгар ыалдьыттары алгыһынан көрүстүлэр.
Бу бырааһынньыкка улуус сахалыы тыыннаах 17 оскуолатыттан, 292 оҕо, 50-тэн тахса учуутал кыттыыны ыллылар. Сиэр-туом тутуһуллан олохтоохтор фестивалы арыйбыттаран кэннэ, оскуола уолаттарын, эр дьон учууталлар улахан хуордара сүргэ көтөҕүллэр ырыатын ыллаан дуолаһыттылар, улахан түһүлгэлээх оһуохайдьыттар тула сэлэлээн төрөөбүт тыл туругурарыгар күрэхтэһэн бардылар, остуоруйа дойдутун соргулаах күнэ саҕаланна.
Үөһээ дойду боотурдара киэҥ-куоҥ саалаҕа олоҥхолоон бардылар, уус-уран тыл көрүҥнэрэ тус туһунан арахсан ийэ тыл сүмэһинин ыймахтаан дуоһуйа тыыннылар, остуол оонньуутун сэргээччилэр хаамыскалаары, хабылыктаары муһуннулар, төрөөбүт тылбытын төһө билэрбитин өй өрөгөйүн оонньуутугар өйдөрүн сытыылыы түмүстүлэр, чыыбы-чаабы чабырҕахсыттар сайа этээри түһүлгэҕэ тоҕуорустулар.
Фестиваль үгэс быһыытынан үс сүрүн хайысханан ыытылынна:
- I. «ИЙЭ ТЫЛБЫТ ЭТИГЭН КЭРЭТЭ»
- «ҮРДҮККЭ КӨТҮТ, ТӨРӨӨБҮТ ТӨРҮТ ТЫЛЫМ» өй өрөгөйүн оонньуута;
- «ТӨЛӨ ТУППАТ ТӨРҮТ БААЙЫМ – ТӨРӨӨБҮТ ИЙЭ ТЫЛЫМ» аман өс күөн күрэһэ
- «ЧАБЫРҔАХСЫТ ОҔОЛОР» күрэс
- «УУС-УРАН ААҔЫЫ» уоланнар күрэстэрэ
- ТЫЙААТЫР ТҮҺҮЛГЭТЭ
- «ТӨРӨӨБҮТ ТӨРҮТ САХАМ ТЫЛА КҮДЭҤҤЭ КӨППӨТҮН, ТЫАЛГА ЫҺЫЛЛЫБАТЫН, СҮТЭН СИМЭЛИЙБЭТИН…» мини-видео күрэһэ
- II. «ОЛОҤХО ӨЛБӨТ ҮЙЭЛЭЭХ»
- «ОЛОҤХОҺУТ ОҔОЛОР» күрэс
- «ОЛОҤХОНУ, ОЛОҤХО ТЫЛЛАРЫН, ОЛОҤХОҺУТТАРЫ, КИНИЛЭР ОЛОҤХОЛОРУН ТӨҺӨ БИЛЭҔИН» күрэс
III. «ЫҺЫАХ ТҮҺҮЛГЭТЭ»
- «ЭЛЛЭЙ ЭҺЭБИТ ЭҺИЭКЭЙЭ» күрэс
- «САХАЛЫЫ оонньуулар» – хаамыска, хабылык уонна хамсаныылаах оонньуулар күрэхтэрэ
«ҮРДҮККЭ КӨТҮТ, ТӨРӨӨБҮТ ТӨРҮТ ТЫЛЫМ» өркөн өй өрөгөйүн оонньуутугар быйыл 10 кылаастар кытыннылар. Оонньууга 9 оскуола кыттыыны ылла. Дипломнарынан бэлиэтэнэллэр Өктөм ҮөБК – 1 миэстэ, 1Дьөппөн ОО – 2 миэстэ, Өктөм ОО. – 3 миэстэ.
«АМАН ӨС» хатыһыылаахтык ааста. Кыайыылаахтарынан Адамов Ганя (1№ ПОО), Родионов Игорь (3МСО), Константинова Сайыына (2ДьОО), анал ааттар: Архипова Күннэй (1№ ПОО), Тихонов Леня (ХОО), Ефремов Ефрем (ХОО), Архипова Катя (ТАОО).
«ЧАБЫРҔАХСЫТ ОҔОЛОР» күрэс таһыма үрдээбитин, оҕолор чаҕылхайдык кыттыбыттарын биһирээтибит. Бөлөҕүнэн кыттааччы элбээн сэҥээрии улахан. «Хобо чуораан» бөлөх (3МСО), кыайыылааҕынан тахсан үөрүү көтөллөннө. Кинилэртэн хаалсыбакка Булгунньахтаах оҕо искусствотын, Кыһыл Үрүйэ оскуолатын бөлөхтөрө ситиһиилэннилэр. Биирдиилээн кыттааччыларга Осипова Аилина (ОйОО), Михайлова Ванесса (1№ ПОО), Пятых Таня (ДьсанСО) бастаатылар.
УОЛАННАР УУС -УРАН ААҔЫЫЛАРА фестиваль биир саамай кэрэхсэнэр көрүҥэ. Кыттааччыта да элбэҕинэн, истээччини долгутар, турукка киллэрэр курдук ааҕалларынан да, элбэх киһи сыралаах үлэтэ буоларынан да. Саастарынан икки бөлөҕүнэн, биирдиилээн ааҕыы уонна бөлөҕүнэн ааҕыы. Хатыһыы да кытаанах. 3 Малдьаҕар (учуутал Самсонова Т.П.), 1№ Покровскай (Федорова Т.Г., Горохова Л.М., Олесова З.С.), Булгунньахтаах (Ховрова А.П., Кириллина Е.И.), Уулаах Аан (Матвеева В.Б.), Өктөм ҮөБК (Кузьмина М.П.), Ой (Григорьева А.Д., Пермякова Л.Н., Титова Нь.Н.) бэлэмнээбит уоланнара үрдүк таһымнаахтарын көрдөрдүлэр. Биирдиилээн ааҕыыга Посельскай Ньургун, Бардеев Сеня (1№ ПОО), Пирожков Коля, (ТОО), Павлов Сергей, Еремеев Аман (2МОО), Максимов Леня (ТСО), Тихонов Леня (ХОО),Строев Ярослав (ТАОО) бастаатылар.
«ТЫЙААТЫР ТҮҺҮЛГЭТЭ», маннык күрэс фестиваль устуоруйатыгар хаста да ыытыллыбыта. Бу оскуолаларга сүрдээх биһирэнэр, таптыыр дьарыктанар көрүҥнэрэ буолар. Кыттааччы ахсаана ону туоһулуур. Үөрэнээччилэр бэйэлэрэ айан, режиссердаан да оонньуулара баар, учууталлар айар режиссердуур да талааннаахтара көстөр. Тыас-уус, доҕуһуол, саҥас-сап, туһанар тэрил ирдэнэр. Бары ис-сүрэхтэн оонньуур, көрдөрөр буолан, тэҥ баайыылаах испиктээхтэри дьүүллүүр ыарахаттардаах. Ол да буоллар бастыкы миэстэни Өктөм ҮөБК үөрэнээччилэрин үлэлэрэ ылла. Иккис миэстэни Ой оскуолатын «Мин тыйаатырым» устудьуйата, уонна 2 Дьөппөн үөрэнээччилэрин үлэлэрэ үллэһиннилэр. Үһүс миэстэҕэ 3 Малдьаҕар уонна Булгунньахтаах оскуолатын үөрэнээччилэрэ таҕыстылар. Анал ааттары Тиит Арыы, 1Дьөппөн санаторнай, Кыһыл Үрүйэ испиктээхтэрэ ыллылар.
«ТӨРӨӨБҮТ ТӨРҮТ САХАМ ТЫЛА КҮДЭҤҤЭ КӨППӨТҮН…» Төрөөбүт тылбыт симэлийбэтин диэн кыһалҕаны быһаарарсарга көмө буолаарай диэн айар видео күрэххэ 9 үлэ киирбитэ. Бары да араас хабааннаах, көрөн олорон «кырдьык даҕаны диэн саҥа аллайыахха сөптөөх» видеолары Покровскай 1 № оскуолатын «Академия журналистики» устуудьуйа (салайааччы Кириллина С.А.), 3 Малдьаҕар оскуолатын үөрэнээччилэрэ, Тиит Арыы оскуолатын төрөппүттэрэ, 2 Дьөппөн, 2 Малдьаҕар оскуолаларын пресс, медиа Кииннэрэ,1 Дьөппөн санаторнай оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна учууталлара оҥорбут киинэлэрэ биһирэннилэр.
«ОЛОҤХОҺУТ ОҔОЛОР» күрэхтэрэ сыллата бөлөҕүнэн, биирдиилээн толорууларга ыытыллар.
Быйыл биирдиилээн кыттааччы элбэх. Дьүүллүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылаах Тихонов Дархан (2МОО), 2 миэстэ – Львова Виолетта (ӨҮөБК), 3 миэстэ – Кузьмина Марианна. Бөлөҕүнэн толорууга бастаата Тиит Арыы олоҥхоһуттара, өктөмнөр – иккис, 1 дьөппөннөр – үһүс буоллулар. Олоҥхоһуттар толорууларыгар киһи кэрэхсии көрөрө элбэх.
«ОЛОҤХОНУ БИЛЭҔИН ДУО?» диэн фестиваль саҕаланыаҕыттан Олоҥхоҕо аналлаах араас көрүҥүнэн оҕолорго күрэс ыытыллан кэллэ. Ааспыт сылларга Zoom форматынан оонньуу ыытыллыбыта, төрөппүттэр кыттыбыттара. Быйыл утарыта көрсөн олорон квиз форматынан оонньоотубут. Оҕолор төбөлөрүн холбоон сүбэлэһэн хоруйдаатылар, бары да тэҥ билиилээх дьон буолан биэрдилэр. Бэрт кыранан чорбойон 1№ Покровскай оскуола оҕолоро кыайыылаах таҕыстылар.
«САХАЛЫЫ ООННЬУУЛАР». Фестиваль чэрчитинэн сахалыы остуол оонньуулара – мэлдьи, быйыл хамсаныылаах оонньуулар ыытылыннылар: «Оҕуруо тиһии», «Оҕус уонна чөҥөчөк», «Кириэс тэбии», «Ойбонтон уулааһын». Кыайыылаахтар 1№ Покровскай оскуола оҕолоро, өктөмнөр – иккис, 1 дьөппөннөр –үһүс буоллулар. Остуол оонньуутун кыайыылаахтара: хаамыскаҕа – Старостина Таня (ӨҮөБК), Емельянова Милена (1 №ПОО), Афанасьева Люба (1ДьсанОО), Михайлов Долун (1 №ПОО), Лукин Денис (ТАОО), Тихонов Богдан (КҮСО). Хабылыкка – Мохначевская Милена (ӨҮөБК), Емельянова Милена (1 №ПОО), Стручкова Таисия (ТАОО), Михайлов Долун (1 №ПОО), Никифоров Эрчим (БОО), Касьяноа Святослав (3 МСО).Остуол оонньууларын географията уларыйбыт, урут инники тумул, санаторнай оскуола оҕолоро сылдьар буолаллара.
«ЭЛЛЭЙ ЭҺЭБИТ ЭҺИЭКЭЙЭ». Оһуохайдьыт оҕолор үүнэн иһэллэрэ биһигини үөртэ. Кыргыттар да уолаттар да толлубакка, түһүлгэни түмэн, хаамыыларын да табан фестивальбытын олус киэргэттилэр, дьону-сэргэни, учууталларын астыннардылар. Бастакы миэстэни Толстяков Руслан (1№ ПОО), иккис – Атласова Настя (ӨОО), үһүс миэстэҕэ – Архипова Катя (ТАОО), Соломонова Виктория (УАОО). Анал ааттарга тигистилэр Яковлева Амелия (1ДьОО), Родионов Игорь (3МСО), Ефимова Анжелика (2ДьОО), Архипова Дайаана (ОйОО), Ефимова Наиля (ХОО).
Онон түмүктээн эттэххэ, быйылгы фестивальга уопсай түмүгүнэн Покровскай 1№ оскуолата бастаата, иккис – Өктөм орто оскуолата, үһүс – Өктөм үөрэх, билим Киинэ. Биһирэннилэр Хачыкаат, Тиит Арыы, 1Дьөппөн орто, 3 Малдьаҕар сүрүн оскуолатын үөрэнээччилэрэ.
Барҕа махтал, үрдүк таһымҥа тэрийсибит Өктөм орто оскуолатын кэлэктиибигэр, дириэктэр Афанасьева К.Ф., төрөөбүт тыл төлкөтө, оҕо туһа диэн үлэлиир учууталларга, педагог – библиотекардарга, эбии үөрэхтээһин педагогтарыгар! Барыгытыгар айымньылаах үлэни, төрөөбүт тылларыгар култуураларыгар бэриниилээх, талааннаах үөрэнээччилэри иитэн таһаараргытыгар баҕарабын.
Тэрийээччи, бырайыак ааптара Скрябина К.Г.
олунньу ый, 2023 с.