XIX – с республикатааҕы оскуола оҕолорун «Саха КВН» оонньууларын полуфинала (региональнай таһым)

Ахсынньы ый 14-15  күнүгэр Нөмүгү нэһилиэгин «Түһүлгэ»  культуура киинигэр,  XIX – с республикатааҕы оскуола оҕолорун «Саха КВН» оонньууларын полуфиналын күрэҕэ буолан ааста.

Оонньуу сыала-соруга:

– «Cаха КВН»хамсааhынын салгыы сайыннарыы;

– саха ыччата төрөөбүт тылын туттар эйгэтин кэҥэтии;

– бастыҥ хамаандалары уонна оонньооччулары бэлиэтээhин;

– араас улуустар хамаандаларын икки ардыларыгар доҕордуу сыһыаны кэҥэтии;

– Саха КВН оонньууларын финалыгар кыттар хамаандалары сүүмэрдээһин.

Кыттыыны ыллылар Горнай улууһуттан «Маҕарас маладьыастара» хамаанда, Нам улууһуттан «Мааркыс», «Оҕолор», Дьокуускай куораттан «Үрдэл», «С.Г.О», «Кадеты» уонна Ханалас улууһуттан  «Дэриэбинэ Чээкэлэрэ» 2 Малдьа5ар орто оскуолата, «Атас» Өктөмнөөҕү үөрэх уонна наука киинэ, «Оодьэ» 2 Дьөппөн орто оскуолата.

Оонньуу түһүмэхтэрэ:

  1. «Э5эрдэлэhии» («Приветствие») – 5 мүн., тиэмэтэ: «Биһиги күүспүт туохханый?»;
  2. «Ыйытынньык» – хас биирдии хамаанда эрдэ бэлэмнээн кэлбит боппуруоьун, атын хамаандалартан ыйытар уонна бэйэтэ эмиэ кулуулээх эппиэттээх буолар.
  3. «Биир ырыа түһүмэҕэ» – 3 мүн. Тиэмэтэ суох.
  4. “Дьиэтээҕи сорудах” – 7 мүн., тиэмэтэ: “Кэпсээн эбиилээх, хоһоон омуннаах”.

Уопсай 4 түһүмэх түмүгүнэн:

1 миэстэ – «Мааркыс» Нам улууһа,

2 миэстэ – «Үрдэл» Дьокуускай куорат,

3 миэстэ – «Маҕарас маладьыастара» Горнай улууһа.

3 кыайбыт хамаанда, Олунньу ыйга, буолаары турар республиканскай  этапка кыттыыны ылыахтар.